Сахалыы аа5ыахха
Размер шрифта:
Цвета сайта:
Шрифт:
Изображения:
Интервал между буквами (Кернинг):
Интервал между строками (Интерлиньяж):
Кнопка действия
26.10.2021

Сахалыы аа5ыахха

Просмотры: 2593

Тыл учуонайдара Аан дойдуга икки нэдиэлэ иһигэр биирдии тыл төннүбэттии сүтэн иһэр дииллэр. Интернет биһиги төрөөбүт тылбытын оннукка тиэрдиэ дуо диэн сэһэргэһиигэ эдэр оҕолор: “Сахалыы астыктык суруйар олус сөбүлүүр блогердаахпыт”. – диэбиттэрэ. Оруобуна, ол кэмҥэ бибилэтиэкэҕэ «Бииргэ ааҕыахха» диэн, кэпсээбит блогердарын кинигэлэрэ кэлбиттэрэ. Нэһиилэ биир кинигэтин тутан хаалбытым. Онон бу ыстатыйаны эһиэхэ, ааҕааччыларбар ымсыыра-ымсыыра суруйан эрэбин. Тоҕо диэтэххэ, саха тылыгар, сахалыы ааҕыыга саҥалыы көрүүлэрдээх, санаалардаах, саҥа үйэ киһитэ, юрист, блогер, «Бииргэ ааҕыахха» бырайыак ааптара - Сандаара Кулаковскаяны @sandaara_yurist кытта кэпсэтиибин тистим.

Ааҕааччыларбытын кытта эйигин билсиһиннэриэххэ. Саха үгэһинэн хантан хааннаах, кимтэн кииннээх буолаҕыный?

Төрдүм – ууһум Хаҥаластан, Мэҥэ-Хаҥаластан, Орто Халыматтан. Сэттэ сааспыттан Дьокуускайга улааппытым. Төрөөбүт сирим- Орто Халыма.

Төрөөбүт сахабыт тылын туһунан санаалар эйигин, эдэр киһини хаһааҥҥыттан, туохтан, долгутар буолбуттарай?

Төрөппүттэрим төрөөбүт дойдуларыгар олус бэриниилээх дьон. Саха норуотун дьылҕатын, тылын туһунан кэпсэтэллэрин, долгуйалларын кыра эрдэхпиттэн истэр этим, кинилэр үйэлэрин-саастарын тухары ити эйгэҕэ үлэлээбит дьон буолаллар. Дьон туһугар, өрөспүүбүлүкэбит сайдыытын туһугар үлэлээн-хамсаан кэллэхтэрэ. Онон оҕо эрдэхпиттэн ити санаалары испэр иҥэриммит эбиппин. Иккистээн ийэ буолан бараммын, ол кэмҥэ чуолаан интернет, социальнай ситимнэр балысхан сайдыыларын кэмигэр, үүнэн эрэр көлүөнэ түргэн баҕайытык төрөөбүт тылын умнан эрэрин, куоракка 10-гар диэри саастаах оҕолор ортолоругар 10 оҕоттон 2-тэ эрэ сахалыы иитиллэр, төрөөбүт тылынан саҥарарын бэлиэтии көрбүтүм. Бу хайысхаҕа тугу эрэ гыннахха, үлэлэһэн саҕалаатахха сатаныыһык диэн санааҕа кэлбитим.

«Бииргэ ааҕыахха» хомуурунньуккун ааҕан баран, ис хоһоонунан да, тас көрүҥүнэн да, дьикти аптаах уонна абылыыр күүстээх диэн бэлиэтии санаабытым. Тоҕо бу кинигэни дьоҥҥо-сэргэҕэ таһаарарга соруктаммыккыный?

Бу хомуурунньук идиэйэтэ 2019 сылга эмискэччи киирбитэ. Соругум - хайдах гынан оҕону сахалыы саҥардабыт диэн этэ. Эдэр ыччат, биһиги орто көлүөнэ төрүт тылбытынан кэпсэтэбит, айабыт-тутабыт. Мин биһиги туспутугар куттаммаппын, кэлэр кэнэҕэски ыччат туһугар долгуйабын. Кинилэр төрөөбүт тылбытын илдьэ хаалыахтаахтар, бэйэлэрин оҕолоругар тиэрдиэхтээхтэр, сайыннарыахтаахтар. Оннук гынар кыахтаахтар, билиилээхтэр дуо диэн өйбөр ыйытыы кэлбитэ.

Кинигэҥ атыттартан туох уратылааҕый уонна ааҕааччылары тугунан кэрэхсэтиэй, сэҥээрдиэй дии саныыгыный?

Бастаан «Бичик” (Айар) кинигэ кыһата тыл көтөҕөн, оҕолору сахалыы саҥардаарыбыт, аахтараарыбыт, “Тоҕо” кинигэни таһаарбыппыт. Бу кырачаан энциклопедия, манна оҕолор тоҕо диэн араас ыйытыыларыгар кылгас кэпсээннэри суруйбутум. Оҕо тылтан чаҕыйан тэйэн хаалбатын туһугар улахан уус-уран тыла суох, күннээҕи олохпутугар туттар, кэпсэтэр тылбытынан суруллубута. Барыта 4000 кинигэ тахсыбыта уонна атыыга бүтэн турар. Элбэх оҕо аахпыта, ол наһаа үөрдэр. Аҥардас оҕону сахалыы иитии эрэ буолбакка, саамай сүрүнэ оҕо сахалыы саҥарарыгар кини аттыгар төрүт тылын таптыыр, өрө тутар төрөппүт баар буолуохтаах. Итинтэн сиэттэрэн «Бииргэ ааҕыахха» диэн бырайыак үөскээбитэ. Бу бырайыагы эдэр төрөппүттэри сахалыы аахтараары толкуйдаабытым. Сыалым, соругум төрөппүт төрөөбүт тылынан ааҕар олус үчүгэйин, ааҕар эрэ киһи тылы таһымнаахтык билиэҕин, оччоҕо эрэ оҕотугар тиэрдэр кыахтаныаҕын өйдөөтөҕүнэ туолуо этэ. Дьэ, хайдах гынан кинилэри аахтарыахха диэн санаа үөскээбитэ. Улахан айымньылары сахалыы ааҕартан тэйэн хаалбыт киһи ылла да аа5арыгар ыарахан. Ол иһин анаан-минээн саха суруйааччыларын тэттик кэпсээннэрин талан хомуурунньук онорбуппут. Аны сахалыы ааҕар киһи соҕотох курдук сананара баар суол. Аахпыккын дьону кытта ырытыһыаххын,санааҕын атастаһыаххын баҕараҕын. Онон ааҕааччыбыт соҕотох буолбатын сыалтан кинигэбит устатын тухары кинини сиэтэ сылдьабыт: хас айымньы иннигэр киирии тылы, суруйааччыны билсиһиннэриини, биллэр-көстөр, тумус туттар киһибит айымньыны хайдах ылыммытын туһунан этиилэрин, санааларын, ырытыыларын киллэрбиппит. Литературнай уустук уус-уран, архаизмтан тыллары аныгы ааҕааччы үксэ ыарырҕатар. Айымньы ис хоһоонун өйдөөтүн, сүтэрбэтин диэн толкуйтан кинигэ аллараа өттүгэр быһаарыылар бааллар. Егор Николаев, нууччалыы эттэххэ, адаптированнай литература курдук быһаарыылары икки тылынан онорбута. Аныгы ааҕааччы сириксэн буолла диэххэ сөп. Тургэн, кылгас суруйууга, туох барыта хараҕы үөрдэригэр, баайарыгар, угуйарыгар уерэнэн хаалла. Кэлимсэ тиэкис киһини салгытар, сылатар. Онон кинигэҕэ худуоһунньук Дмитрий Мухин уруһуйдара, арааһынай шрифтэр туттуллубуттара. Ити барыта ааҕааччы интэриэстээх буоллун, кини болҕомтотун тардаары, сахалыы ааҕар наһаа учугэй эбит, ессе тугу ааҕабын диэн тылга тапталы уескэтээри оҥоһуллубута.

Мин билэрбинэн ханна да инник бырайыак суох. Кини төрүт тыл симэлийэн хаалбатыгар учугэй табыгастаах ньыма дии саныыбын.Сутэн эрэр тыл элбэх. Аан дойдуга 6700 тыл баарыттан суох буолан эрэрэ 40%-ны ылар. Глобализация буолан улахаҥҥа, суруҥҥэ, биллиилээххэ тардыһыы күүһүрэн иһэр. Биһиги холобурбутун көрөн, дьон инник бырайыактары оноруохтарын сеп.Билигин бэл улуу нуучча литературнай тыла куннээ5и олоххо туттуллубакка хобдох буолан турарыттан хомойобун, санаам хараастар. Билигин судургутутуу кэмэ, туох судургу ол тыыннаах хаалар. Ол да буоллар олус баай, кэрэ, уус-уран, оһуордаах-мандардаах сахабыт тылын сутэриэ суохтаахпыт. Тыла суох норуот сир үрдүттэн симэлийэр. «Бииргэ аа5ыахха” кинигэ сорох эдэр дьоҥҥо сахалыы аа5арга маҥнайгы хардыы, маҥнайгы сахалыы аахпыт кинигэлэрэ буолуон сеп. Бу кинигэни ааҕыы кэнниттэн сахалыы ааҕыыга сыстыбытым диир дьон элбиэхтээх диэн эрэллээхпин.

 

«Бииргэ аа5ыахха» кинигэ библиотекаҕа баар.Уларсан ааҕаргытыгар сүбэлиэм этэ.Бу бырайыак салҕанара эһигиттэн, ааҕааччылартан тутулуктаах, эһиги сөбүлээн, сыана быстаххытына, өссө да Сандаара Кулаковская таһаарыа турдаҕа!

Маннык санаалаах үлэлии-хамныы, саҥаны айа-тута сылдьар эдэр дьон баарыттан үөрэбит, астынабыт.Махтанабын, Сандаара, төрүт тылбыт туһунан санааларгын үллэстибиккэр. Үрдүк ситиһиилэри, тус олоххор дьолу-соргуну баҕара хаалабын.


Матырыйаалы бэлэмнээтэ Екатерина Попова


Смотрите также