“Чолбон” — уус-уран литературнай, уопсастыбаннай-политическай сурунаал 1926 с. сэтинньитигэр бастакы нүөмэрэ тахсыбытыттан 95 сыл ааһа оҕуста. Бу үбүлүөйдээх күнҥэ анаан Анна Варламова – Айысхаана биһи библиотекабытыгар кэлэн “Чолбон” сурунаалга үлэлии сылдьыбыт сылларын ахтан ааста.
Анна Егоровна Варламова – Айысхаана – прозаик, публицист. Россия Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ (1997). Россия Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ (1999).
— Анна Егоровна, Алампа төрүттээбит “Чолбон” сурунаала бу ыйга 95 сылын бэлиэтиир. Олоҕуҥ 19 сылын бу сурунаалга үлэлээбит киһи ахтан-санаан ааһарыҥ элбэх буолуохтаах. Дьэ маҥнай ким ыҥыран дуу, этии киллэрэн дуу бу сурунаалга кэлбиккиний? Онтон саҕалыах.
— Учуутал хаһыатыгар үлэлии сырыттахпына, ол кэмҥэ сурунаал сүрүн редакторынан үлэлии олорбут Петр Денисович Аввакумов соһуччу, Бэчээт дьиэтин көрүдүөрүгэр көрсөн, эппиэттиир сэкирэтээр дуоһунаһыгар биһиэхэ кэлиэҥ этэ дуо, толкуйданан көрөөр эрэ диэбитэ. Мин испэр сэргии истибитим, ол гынан баран омос көрүүгэ бу тоҥуй көрүҥнээх салайааччы ким рекомендациялааһынынан этии киллэрбитин таайа сатаабытым. Онуоха мэлдьи алтыһар биир дойдулааҕа, САССР үтүөлээх учуутала, үлэлии сылдьыбыт оскуолам дириэктэрэ Михаил Ефимович Тимофеев үтүө тыллара дьайдаҕа буолуо диэн сэрэйэбин. Оччолорго саха муударай өйдөөҕө Е. П. Жирков Национальнай оскуола кэнсиэпсийэтин төрүттээбит кэмигэр тыа оскуолалара олус да өрө көтөҕүллэн үлэлээбиппит! Оскуола, төрөппүт, үөрэнээччи – бииргэ тутуһан. Тоҕо ол кэмҥэ халыйдыҥ диэтэххэ, субу ааспыт быыбарга саха дьоно Егор Жиркову Государственнай Дума депутатынан талбакка улахан сыыстарыыны, мүччү тутууну оҥорбуттарыттан хомойбут, абаккарбыт санаам ааһан биэрбэтиттэн. Ийэ тылбыт тыына уһааһыныгар, кэнчээри ыччаппыт сахалыы тыыннаныытыгар кини хамсатар күүс буолуохтааҕа. Ону баара, татым санаа баһыйда...
“Чолбон” сурунаалга саҥа үйэни кытта тоҥолохтоһон, 2000 тохсунньутугар үктэммитим. Биллэн турар, бастакы ыйдарга толло көрөттүүр этим. Ол гынан баран айымньыларынан билэр суруйааччыларым буолан, сотору кэргэнниһэн барбытым.
— Ханнык суруйааччылар ол кэмҥэ үлэлээбиттэрэй?
— Аан бастаан кэлиибэр Петр Аввакумов, И.Е. Федосеев—Доосо, В.А. Тарабукин, С.А. Попов, И.И. Осипов маны таһынан мэлдьи алтыспыт редколлегия чилиэннэрэ историк Е.Е. Алексеев, талааннаах тылбаасчыт Д.В. Кириллин бааллара. Хомойуох иһин, үгүстэрэ бүгүн биһиги ортобутугар суохтар.
Мүрү Эбэ үрдүгэр, Уус-Алданҥа
— Саҥа дуоһунаска биллэн турар, ким эрэ үөрэтиитэ, такайыыта наада буоллаҕа...
— Сөпкө этэҕин. “Чолбон” сурунаалга 37 сыл халбаҥа суох эппиэттиир сэкирэтээринэн үлэлээбит Иван Федосеевтыын остуолларбыт сэргэстэһэ турара. Кини инньэ-манньа гын диэн такайбатар да, сэҥээрэргэр-сэҥээрбэккэр соччо наадыйбакка, редакцияҕа араас сылларга үлэлээбит дьон уонна олору кытта ситимнээх араас түгэннэри биир кэм кэпсии олорооччу. Ол онтон көрүдьүөһэ ордук баһыйара. Үгүстэрин сылаас тылынан ахтара. Уҥа өттүгэр олорор эдэр киһини, Уйбаан Ойууру хаадьылыыр түгэннэрдээҕэ.
Иван Егорович уопсайынан саха суруйааччыларын тустарынан сэһэргиириттэн айар эйгэ дьоно уустуктарын, хардарыта сыһыаннара “сөрүүнүн” өйдөөбүтүм.
Иван Федосеев кэнниттэн Петр Аввакумов эппиэттиир сэкирэтээринэн олорбут буолан, дьэ кини кырдьык эбээһинэспин өйдөппүтэ, ыйан-кэрдэн оннубун-тойбун булларбыта.
— Ити кэмнэргэ сурунаалга ханнык бөдөҥ айымньылар бэчээттэммиттэрэй?
— Николай Лугинов, “Чыҥыс хаан ыйааҕынан”, Андрей Кривошапкин, Дэхси, Семен Маисов романнара бэчээттэммиттэрэ. Семен Маисов “Ийэм кэпсиир” романын биэс сыл тохтоло суох биэрбиппит. Ааҕааччы олус үөрэ көрсүбүтэ. Эдэр киһи итинник баай, уран тылынан суруйар буоллаҕына, сахабыт тыла өлбөт-өспөт кэскиллээх эбит диэн үөрбүттэрэ.
— Поэзияҕа ити сылларга саҥа ааттар төһө киирдилэр?
— Сибилигин поэзия хонуутугар үлэлэһэ сылдьар, ааттара-суоллара киэҥник биллэн эрэр эдэрдэр, оччотоҕу устудьуоннар: Гаврил Андросов, Рустам Каженкин, Александра Попова-Долгура, Зинаида Архипова, Яна Байгожаева, хотугу оскуола учуутала Марина Мигалкина о.д.а. устудьуон саастарыттан сурунаалга бэчээттэнэн, тыл маастардарыттан алгыс ылан, билигин хотуулаахтык айа-суруйа сылдьаллар, аны бэйэлэрэ саҥа айар солбугу үүннэриигэ үлэлэһэллэр.
— “Чолбон” сурунаалга үлэлээбит кэмҥэр сүрүн редактордар төһө уларыйбыттарай?
— 19 сыл үлэлиирбэр, 3 сүрүн редактор үлэлээн ааспыта. Петр Аввакумов олохтон барбытын кэннэ, биллэр поэт, литературнай кириитик Н.Е. Винокуров–Урсун анаммыта. Кини өссө өр үлэлиэ эбитэ буолуо, ону “Сахабэчээт” үлэ дуогабарыгар, үлэһит 70 сааһыттан дуогабара тохтотуллар диэн хааччаҕынан уурайбыта. Кини кэнниттэн талааннаах кэпсээнньит суруйааччы Данил Николаевич Макеев анаммыта. Бу үс салайааччы бары майгыннаспат истииллээх, кэлэктииби көхтөөх үлэҕэ батыһыннарбыт дьон.
Редакция кэлэктиибэ. Сүрүн редактор Д.Н. Макеев, 2018с.
— Билигин истэр тухары, сурунааллар тахсар ахсааннара түһэн иһэр дииллэр. Ону хайдах үрдэтиэххэ сөбө буолуой?
— Дьэ ол олус уустук боппуруос буолуо. Олус түргэн тэтимнээх инмормация үйэтигэр олоробут. Дьон сиэпкэ укта сылдьар төлөпүөҥҥэ аһары ыллардылар, аан дойдуну иилии эргийэр интернеккэ оройдорунан түстүлэр. Дьиэ аайы сүүһүнэн ханаалы хабар тэлэбиисэр. Оттон уус уран литератураны ааҕыы хотторуулаах өттүгэр түбэстэ. “Кэпсээннэр, хоһооннор” диэн хастыы эмэ бөлөххө киирэн, онно умса түһэ сыталлар. Сурунаалы олус умсугуйан аахпыт көлүөнэ барда, ордубут өттө харах-көс өттүнэн мөлтөөтө.
Уус Алдан икки-үс нэһилиэгэр ааҕааччылардыын көрсүһүүгэ сурутуу ыыппыттаахпыт. Ити арааһа, биэс сыллааҕыта, көрдөхпүнэ 80-чалаах, сытыы-хотуу сэбэрэлээх кырдьаҕас биһигини сүрдээх болҕомтолоохтук истэр. Көрсүһүү кэннэ сурутуу саҕаланна.“Хайа, убаай, “Чолбон” сурунаалгар сурутар инигин?”—диэтим бэрт эрэмньинэн. Оҕонньор тута сылдьар төлөпүөнүн көрдөрө-көрдөрө: “Манна да баары ситэн аахпаппын. Суох, суох...” диэн тиэрэ хайыспытыттан соһуйдум да этэ... Дьэ итинник
Билигин сурунаалы эдэр редактор Гаврил Гаврильевич Андросов тутта. Уларыйыы киирбит, академическай өттүнэн күүһүрбүт. Ити өттүнэн сэргиир, болҕойор ааҕааччы наада. Гаврил Гаврильевич кэм ирдэбилинэн электроннай ныма нөҥүө ааҕааччыны тардар, эдэр дьон интэриэһин эмиэ көрөн таҥан таһаарар санаалаах. Урут үлэлии сылдьыбыт дьон “Чолбон” уота өссө да сырдыгынан тырымныы турарыгар баҕарабыт, этэҥҥэ сырыттахха, сүүс сааһын бэлиэтиир үөрүүгэ тиийиэ этибит буоллаҕа.
— Анна Егоровна, кэнники сылларга тус бэйэҥ айар үлэҕэр тугу бэчээттэттиҥ? Билигин тугу айа-тута сылдьаҕын?
— Кэнники сылларга түмэн, хомуйан оҥорууга (составление) күүспүн-сырабын биэрдим. Аҕа тойонум, кырдьаҕас сэбиэскэй-партийнай үлэһит М.И. Варламов тыыннааҕар бэлэмнээбит тэтэрээттэрин бэрийэн, бииргэ алтыспыт дьонун ахтыыларынан ситэрэн, “Үтүө аатыгар сүгүрүйэн...” диэн кинигэни бэчээттэппитим. Ол дьиэ кэргэн кинигэтэ буолбакка, холкуос бэрэссэдээтэлэ, сопхуос дириэктэрэ киһи оччотооҕу дьон күүрээннээх үлэлэрин уонна төрүт дойдутун историятын сэһэргиир кинигэ. Маны таһынан төрүт дойдубут, Хаҥалас улууһун II Нөөрүктээйи нэһилиэгин историятын бииргэ төрөөбүт балтыбынаан, А.Е. Винокуровалыын хомуйан-түмэн таһаартарбыппыт. Олохтон барбыт дьүөгэм Муза Алексеева (Мушникова) кэриэһигэр дьоҕус кинигэ тахсыбыта. Ону таһынан билигин үлэлээбэт пенсионер, кыра да буоллар эбинээри, редактор быһыытынан уонча кинигэ күн сирин көрүүтүгэр үлэлэстим.
Ол оннугар уус-уран литература өттүгэр бытаардым. Сибэкки, оҕуруот наһаа умсулҕаннаах дьарык эбит туһугар. Онно сыл чиэппэрэ олоччу ананар. Быыспар-ардыбар оҕо кинигэтэ бэлэмнээн, “Айар” кинигэ кыһатыгар бу саҥа киллэрдим.
— “Чолбон” сурунаал ааҕааччыларыгар баҕа санааҥ.
— Күндү ааҕааччылар, 95 сааһын туолар “Чолбон” сурунаал оһох иннигэр аргынньахтаан олорор ытык кырдьаҕастыы түс бас, көрсүө нүһэр тылынан эһиэхэ саҥа романнары, сэһэннэри, кэрэхсэбиллээх кэпсээннэри билиһиннэриэ, хомоҕой хоһооннору иһитиннэриэ. Литератураны ырытар, сыаналыыр критическэй ыстатыйалары, ахтар-саныыр суруйааччыларбыт тустарынан истиҥ-иһирэх ахтыылары сэһэргиэ. Маны таһынан ааҕааччыны толкуйдатар, сүбэлэһэргэ ыҥырар уочаркалары о.д.а. публицистическай матырыйааллары ааҕыаххыт.
Баччалаах уһун сыллар тухары норуот ис туругун өрө тардыыга үлэлэспит, үгүс көлүөнэ айар дьоҕурдаахтарын өйөөбүт, айар үлэ үрдүк куйаарыгар куорсун анньан көтүппүт “Чолбон” сурунаалы ааҕыҥ, сэргээҥ.
Ытык саастаах сурунаалбытыгар үлэлии сылдьар эдэрдэри, сынньалаҥҥа тахсан олорор үөлээннээхтэрбин уонна бэриниилээх ааҕааччыларбытын.
“ Чолбон” 95 сааһынан эҕэрдэлиибин!
Сэһэргэстэ Анастасия Фасхутдинова
Туһаныллыбыт литература: «Чолбон» сурунаал 90 сылын туолар