Стручкова Александра Семеновна - Сулустаана Саха Республикатын «Сахалыы тыынынан» хоһоон бөлөҕүн салайааччыта. Икки кинигэ ааптара «Сулустаах иэйии таптала» 2018с. уонна «Мин кынаттаах ымыыларым» 2019 сыллаахха бэчээттэммиттэрэ.
- Маҥнайгы хооһонҥун хаһан суруйбуккунуй? Туохтан сиэттэрэн хоһоон суруйар буолбуккунуй?
Маҥнайгы хоһооммун 2004 сыллаахха суруйбутум. Ордук таптал туһунан суруйабын. Төрөөбүт дойдубун ахтан-санаан суруйан барбытым.
- Билиҥҥи саҥа үйэҕэ поэт буолар туох ыарахаттардааҕый?
Бэйэбин наһаа поэт курдук санаммаппын,ордук кинигэ таһаартарарга уонна ырыа буолбут хоһооннору оранжировкалатар ыарахаттардаах буолааччы.
- Бутэһик аахпыт кинигэлэргиттэн ус ханнык кинигэлэри ааттаталыан этэй?
Бүтэһик аахпыт үс кинигэм:
· Христина Павлова «Иэйиим сылааһа – хоһооннорбор»
· Анатолий Софронов - Онтуон «Сааскы күнүм сыдьаайа»
· Алла Сельтюкова - Айаалла «Көмүс ньээкэ уйам - кэрэ айылҕам»
- Айылҕа ханнык көстүүтүн сөбүлүүгүнүй? Онно анаабыт хоһоонноххун дуо?
Ордук сааһы, күһүнү сөбүлүүбүн - бу кэмҥэ анаабыт хоһоонноохпун.
Александра Семеновна Стручкова – Сулустаана толоруутугар «Дойдум көмүс күһүнэ»
Эдэр дьон талааннарын арыйалларыгар тугу сүбэлиэн этэй?
Эдэр дьоҥҥо “кытаатан санаабыт санааҕытын сааһылаан хоһуйан иһиҥ” - диэм этэ.
Александра Семеновна хоһооннорун инстаграмҥа @struchkova257 киирэн ааҕыаххытын сөп.