Бу дьыл ыам ыйын 14 күнүгэр сахалартан бастакынан Евгений Кривошапкин Эверест хайаны дабайда!
Эверест хайаҕа санаабыт эрэ киһи тиийбэтэ чахчы. Хас эмэ сыллаах бэлэм наада, эт-хаан да өттүнэн, өй-санаа да өттүнэн, ону таһынан баһаам үп ирдэнэр. Эверест чыпчаалын баҕа санаа оҥостубут киһи Аан дойду үрдүнэн төһө элбэх буолуой? Олортон хас киһи онно тиийбитэ буолуой? Эверест хорсунтан хорсуннары, күүстээхтэн күүстээхтэри эрэ ыҥырар.
Аан бастаан Эвереһы 1953 сыллаахха ыам ыйын 29-с күнүгэр Норгей Тенцинг уонна Эдмунд Хиллари дабайбыттара. Кинилэр иннилэринэ олус элбэх киһи тахса сатаабыта да сатамматаҕа, үгүстэрэ суорума суолламмыттара.
Дьэ, кинилэр суол солообуттарын кэннэ сылын ахсын Эверестка дьон талаһар буолбута. Төһө да эт-хаан өттүнэн кыахтаах, эрчиллиилээх буоллаххына да, хайа бэйэтэ билэр кими таһаарарын, кими букатыннаахтыы бэйэтигэр хаалларарын. Айылҕа күүһүн кыайбыт суох, онон саамай сүрүнэ барыта күн-дьыл туругуттан тутулуктаах. Онон сорох сыл хайа букатын кими даҕаны бэйэтигэр чугаһатымыан сөп. Сорохтор араас кыһалҕалары көрсөн хаһыс эмэ сырыыларыттан биирдэ чыпчаалга тиийэллэр, сорохтор хайа ыарыытыгар ылларан баҕа санаалара букатын да туолбат.
Быйыл, Эверест чыпчаалыгар аан бастакытын киһи атаҕа үктэммитэ оруобуна 70 сылыгар сахалартан бастакынан Евгений Кривошапкин Аан дойду муҥутуур чыпчаалын дабайда. Евгений бу сырыытын туһунан олус сиһилии бэйэтин телеграм ханаалыгар сырдата турбута. Онон аан маҥнайгыттан барытын кэтии сылдьарга олус интириэһинэй этэ. Евгений бэйэтэ олус судургу, сэмэй, көрсүө буолан ханна тиийбитин, хайдах сылдьарын туһунан ааҕа олорон олох чугас доҕорун курдук буолан хаалар. 14 чыыһылаҕа чыпчаалы дабайдылар диэн сонуну истэн баран, улаханнык саҥарбакка лааҕырга диэри түһэллэрин күүппүппүт. Хайаҕа туох барыта буолуон сөп, онон эрдэттэн үөрэр сатаммата. Лааҕырга этэҥҥэ тиийдилэр диэн сонуну истэн баран дьэ биирдэ “Һуу!” диэтибит.
Эверест хайаҕа хайдах тахсалларын уонна, биллэн турар, сахалартан бастакы дьоруойбут Евгений туһунан биһиги кырачаан ааҕааччыларбытыгар киэҥ тутта кэпсээбиппит. Сахабыт Сирин былааҕын Эверест чыпчаалыттан тэлимнэппитинэн “Уруй-айхал, сахам дьонугар!” диэн эҕэрдэтин тиэрдибит видеотын көрдүбүт. Оҕолор олус сэргээн Евгенийга истиҥ суруктарын уруһуйдарын бэлэмнээбиттэрэ. Евгений бу сарсыарда Дьокуускайга этэҥҥэ көтөн кэлээтин кытта долгуйа оҕолор суруктарын туттардыбыт.
Евгений холобура куруутун үтүмэн элбэх үгүс ыччаты сырдыкка-кэрэҕэ, үрдүк чыпчаалларга, саҥа ситиһиилэргэ кынаттыы турдун! Уруй-айхал, хоту дойду хоһуун ыччатыгар!
Евгений каналын бу ссылканан киирэн ааҕыаххытын сөп.
Ыстатыйаны бэлэмнээтэ Айана Оллонова