Отзыв на книгу Дмитрия Наумова «Чомойор кыыһа»
Размер шрифта:
Цвета сайта:
Шрифт:
Изображения:
Интервал между буквами (Кернинг):
Интервал между строками (Интерлиньяж):
Кнопка действия
Отзыв на книгу Дмитрия Наумова «Чомойор кыыһа»
Статья
26.05.2023

Отзыв на книгу Дмитрия Наумова «Чомойор кыыһа»[16+]

Просмотры: 1235

Миитэрэй Наумов «Чомойор кыыһа» кинигэ туһунан сыанабыл. Норуот суруйааччыта Миитэрэй Наумов айымньыларын мин былырыын сайын улууска дьоммор күүлэйдии бара сылдьан аан бастаан аахпытым. Суруйара тоҕо үчүгэйэй, тыый, диэммин дэлби сөхпүтүм, астыммытым.

Быйыл кыһын биһиэхэ кырдьаҕас таай Мэхээчэ күүлэйдии кэлэ сылдьан куоскабытын хайгаата: «Бэрээдэктээх да куосканы көрөбүн. Мэниктээбэт. Дьөгүөр куоска курдук түннүккэ санаарҕаан олорор. Эмиэ ол кыыл чуҥкук олоҥхотугар майгынныыры курдьугунуур быһыылаах». Онтон дьээбэлээхтик мүчүк гынан: «Сөҕөбүн, Миитэрэй Наумов ол хаһан куоска буола сылдьан ити харамай ис дууһатын, тугу саныырын билбитэ буолла?» – диэтэ. Мин сөбүлээбит суруйааччым аатын истэн чөрөс гына түстүм, туох куоскатын этэрин туоһуластым. Онно биллим, Миитэрэй Наумов «Дьөгүөр куоска» диэн кэпсээннээҕин. Тоҕо ол кэпсээни мин билбэппиний, хайдах аахпатахпыный диэммин, ааҕаары ыксаан библиотекаттан «Чомойор кыыһа» кинигэни уларсан, дьэ, аахтым.

«Дьөгүөр куоска» кэпсээн Георгий диэн дьоһумсуйбут ааттаах атыыр куоска монолуога эбит. Кини тугу чуҥкуйан түннүгү одуулаһарын, тугу санаахтаабыта буолбутун куоракка киирбит оҕонньор остуоруйалыыр, биһиэхэ, ааҕааччыларга, кэпсиир. Дьээбэлээхтик суруллубут, ааҕа-ааҕа дэлби күллүм. Үчүгэй, көҥүл олоҕу биир сайын алҕас билэн, түөрт таас истиэнэҕэ хаайыллан тоҕо чуҥкуйбутун өйдүүбүн. Биһиги куоскабыт «городская фифа» диэн кулүү-элэк таптал ааттаах, тыыннаах кутуйаҕы харахтаан да көрө илик атаах-мааны харамай. Билбитэ диэн стрекоза эрэ уонна лыах. Олору балкоҥҥа тахсан тута-тута биһиэхэ киһиргээн аҕалан көрдөрөр, туһалааҕын биллэрбитэ буолар. Дэриэбинэҕэ эбэтэр даачаҕа бара сылдьыбыта буоллар, дьэ, киэҥ көҥүл олоҕу билэн эмиэ Дьөгүөр куоска курдук депрессиялаан дуу, ностальгиялаан дуу бөгдьөллөн түннүккэ олоруо эбитэ, балкон баҕас аайы үөрэ-көтө салгыны сиибин, бултуубун диэбэтэ буолуо...

Суруйааччы кэтээн көрөр талааныттан, муударайыттан сөҕүөххэ сөп. Бу кэпсээн аҥардас ол куоска эрэ туһунан диэн буолбатах. Куоска санаатынан таас дьиэҕэ кыстыырга күһэллибит тыа көҥүл киһитин санаалара көрдөрүллүбүттэр. Киэҥҥэ-куоҥҥа, айылҕаҕа, дьиэ бүппэт ис-тас үлэтигэр көҥүллүк үлэлии сылдьыбыт тыа киһитэ барахсан кырдьан, киин куоракка, оҕолоругар-сиэннэригэр, эмпкэ-томпко чугаһаан, барыта сөп, бэрт, олорорго чэпчэки курдук эрээри дууһата хаайтаран, санаата баттатан, куорат куоскатын кытары бэйэтин тэҥнээн, ис санаатын итинник, үҥсэргээбэккэ, күлүүлээхтик этэр диэн. Маны өйдөөн, ийэм барахсаны санаан кэлбитим. Биир кыһыны биһиэхэ аат эрэ харата кыстаабыта: куорат уутун амтана да, салгына да атына, баҕарда да таһырдьа 10-с этээстэн тахсара ыарахана, аны бэйэ тиэргэнин суоҕа... Саас ситэри кэлэ илигинэ дьиэтигэр ыксаан үөрэ-көтө барбыта. Онон «Дьөгүөр куоска» кылгас, көрүдьүөс кэпсээн курдук эрээри элбэҕи өйдөтөр, санааҕын хамсатар.

«Чомойор кыыьа» кинигэҕэ, уопсайынан, барыта да дууһаҕын таарыйар, уһугуннарар. Манна киһи түөрт атахтаах доҕотторун, дьиэ кыылларын, ойуур көтөрдөрүн тустарынан, кинилэр дьоҥҥо, хаһаайыттарыгар хайдах курдук улахан суолталаахтарын, бэйэ-бэйэлэригэр дьиктитик күүскэ сабыдыаллаһалларын туһунан кэпсээннэр түмүллүбүттэр. Киһи уонна кыыл айылҕаттан айдарыллан майгыннаһар дууһалаах буоллахпыт... Олоххо буолбут көрүдьүөс да, өлүүлээх-сүтүүлээх да, философскай да хабааннаах түбэлтэлэри суруйааччы таба көрөн-истэн, сэргээн дириҥ ис хоһоонноохтук, суолталаахтык суруйбутун киһи сөҕөр, дьиктиргиир, уйадыйар. «Кырса», «Чооруос», «Чомойор кыыьа», «Акыым», «Догдомо» – бары да кэпсээннэр сүрдээх ис хабааннаахтар. Ааҕа олорон дэриэбинэ олоҕун билэр, онно дьонноох-иистээх киһи ааптар суруйар геройдарын, кыыл буоллун, киһи буоллун, хараҕар ойуулаан көрө олорор, маннык дьону мин билэр этим ээ диэн майгыннатар санаа кытары үөскүүр. Аны кинигэ тыла-өьө үчүгэйин! Төрүт сахалыы минньигэһин! Төрөөбүт төрүт тылгар сөтүөлуу сылдьар курдук өйдөөһүн киирэн кэлэр, көр, оннук үчүгэй.

Норуот суруйааччыта Миитэрэй Наумов кинигэтин биирдэ аахпыт киһи умнубат, топпот, өссө атын айымньыларын, кинигэлэрин көрдүү-көрдүү ааҕар таптыыр суруйааччыта буолар. Кини айымньыларын ааҕа илик дьон ханнык баҕарар кинигэтиттэн саҕалаан ааҕыҥ, дууһаҕыт хайаан да астыныаҕа.

Платонова Туйаара Иннокентьевна (47 лет), г. Якутск

Смотрите также