Үлэнэн туругурбут Тулагы-Киллэм дьоно
Размер шрифта:
Цвета сайта:
Шрифт:
Изображения:
Интервал между буквами (Кернинг):
Интервал между строками (Интерлиньяж):
Кнопка действия
Үлэнэн туругурбут Тулагы-Киллэм дьоно
Статья
17.03.2023

Үлэнэн туругурбут Тулагы-Киллэм дьоно[12+]

Просмотры: 1513

«Үлэ сылыгар Сахабыт сирэ,

Арассыыйабыт сайдарын туһугар,

бары биир санаанан салайтаран түмсүөҕүҥ, сомоҕолоһуоҕуҥ»

Айсен Николаев.

 

Уураахха олоҕуран библиотека иһинэн «Үлэнэн туругурбут Тулагы-Киллэм дьоно» диэн ааттаах ый ахсын бэлиэ күннэргэ ситимнээн Үтүөлээх үлэһиттэр быыстапкалара туруоҕа. Сыл түмүгэр бу быыстапкаҕа кыттыбыт дьоммут туһунан сырдатар сыалтан, кэлэр кэнэҕэски көлүөнэҕэ, ааҕааччыларбытыгар холобур буоллун диэн өйдөбүнньүк буклеттары таһаарар былааннаахпыт.

Ол курдук, одун ыйыгар - олунньуга нэһилиэкпит биир киэн туттар, кырдьык да үлэнэн туругурбут Мария Павловна уонна Валерий Яковлевич Сивцевтар, эдэр эрдэхтэриттэн, урукку кэм ыҥырыытынан «Школа-производство-ВУЗ» диэнтэн саҕалаан, утуйар ууларын умнан, нэһилиэк, тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар улахан кылааттарын киллэрбит, чөл олоҕу пропагандалыыр дьиэ кэргэн быыстапката турда.

Нажмите для увеличения

Валерий Яковлевич Уус-Алдан улууһун Найахы нэһилиэгиттэн, онтон Мария Павловна Хаҥалас улууһуттан төрүттээх, иккиэн «Якутскай» совхозтан үлэлэрин саҕалаан, дьин чахчы тыа олоҕор сыстаҕас, дьоҕурдаах, киэҥ билиилээх буолан боростуой үлэһиттэн салайааччыга тиийэ үүнэн-сайдан күн бүгүнүгэр диэри үлэлии-хамсыы, айа-тута сылдьаллар.

1981-1993сс. Валерий Яковлевич ахтарынан ити кэмҥэ «Якутскай» совхоз республикаҕа биир саамай бөдөҥ, улахан ситиһиилээх хаһаайыстыба эбит. Бу сылларга оросительнай системалары, дамбалары оҥорорго үгүс үлэ барбыт, онтон кормопроизводство сыаҕын салайан Киллэмҥэ управляющайынан үлэлиир кэмнэригэр от былаанын толоруу 4500-6000 тн диэри, сиилэһи бэлэмнээһин 1500-5000 тн диэри, битэмииннээх оту бэлэмнээһин АВМ 300-550 тн тиэрдиллибит. Ити сылларга «Якутскай» совхоз үүтү туттарыыга үрдүк ситиһиилэммит, бу барыта кормовой база үчүгэйин туоһулуур. Мария Павловна инженер-мелиоратор салайааччылаах луго-мелиоративнай этэрээт ситиһиилээхтик үлэлээн Молотовка, Зерновой, Кытыл, Татьянка, Приленскай диэн совхоз сирдэригэр улахан, таһаарыылаах оросительнай системалар оҥоһуллубуттар.

Сир­ - киһи илиитинэн, атаҕынан оҥорботох, эбиллибэт да, көҕүрээбэт да омук сүрүн баайа. 2005с. Сир ресурсаларын сүрүннүүр үлэҕэ главнай специалиһынан Тулагы-Киллэм нэһилиэгэр ананан Мария Павловна ылсан үлэтин атын хайысханан саҕалыыр. Бу сылларга нэһилиэккэ сирдэр чуолкайданан кыраныыссалара быһыллар, бары сири туһанааччылар, бас билээччилэр сирдэрин реестра оҥоһуллар, хас биирдии сүөһүлээх ыалга оттуур ходуһа сыһыарыллан докумуоннанар. Нэһилиэкпит сиригэр 18 ытык сир баара барыларыгар пааспарданан, хас биирдии сирэ-уота толору ыйыллан, республиканскай суолталаах статуһунан бигэргэтиллэр.

Биллэн турар, бу элбэх күүстээх үлэттэн, саргылаах сатабылларыттан, хайдахтаах сыраларыттан тахсыбыт үлэ түмүгэ буолар. Маны таһынан, бары нэһилиэк үрдүнэн ыытыллар, түмүллэр общественнай үлэлэриттэн туора турбакка, төһө кыах баарынан кыттан, олох үөһүгэр сылдьар үтүө-мааны үлэһит дьоммут Валерий Яковлевич уонна Мария Павловна Сивцевтар бу орто дойдуга кэлбит сыалларын-соруктарын толорон, үлэҕэ ситиһиилэнэн, уһун сыралаах-сылбалаах үлэлэрин иһин үгүс мэтээллэринэн, Бочуоттаах знактарынан, грамоталарынан чиэстээхтик наҕараадаламмыттарын көрөн киһи киэн тутта, кэлэр көлүөнэ ыччата дойдутун историятын, дьонун-сэргэтин өссө дириҥэтэн үөрэтэригэр толук буолар. Үлэ киһини киэргэтэр диэн маны этэн эрдэхтэрэ..

 

Ыстатыйаны бэлэмнээтэ Филиппова А.В.

Смотрите также